Дьэ аны мантыбыт итэҕэс эбит
😱 Соцситимнэргэ суруйбуттар: Араадьыйаҕа венерическэй ыарыылар элбээбиттэрин кэпсээтилэр.
Оҕо аҕыйах төрүүрүн биир төрүөтэ ити ыарыылар сутуйууларыттан.
Ыарыыга хаптарбыттар элбэх киһи оҕону кыайан үөскэппэт буолаллар, эр киһи да, дьахтар да.
Тоҕо ити ыарыы элбээтэ? Итини таах үрдүнэн эрэ быһаара сатыыллар. Ону аччатарга специалистарбыт презерватив туһаныҥ диир сүбэлэриттэн атын этиини оҥорботтор.
Дьиҥинэн, ити ыарыылар элбээбит төрүөттэрэ сүрүннээн - ДЬОН ЭДЭР СААСКА ЫАЛ БУОЛБАТЫТТАН. Ыал буолбакка сылдьар эдэр дьоҥҥо айылҕаларынан сиэкис хайаан да наада. Эргэ барбатахтар, ойох ылбатахтар итии хааннара тардыһарынан атыырга-тыһыга наадыйар. Ол иһин быстах сылдьыһыыларга бараннар, ыарыыга хаптараллар.
Онон эдэр дьон саастарын ситтилэр да, сөптөөх кыыс-уол булалларын, ЫАЛ буолалларын ситиһэ сатыахтаахпыт. Оччоҕо оҕо да элбиэ, ыарыыга да хаптарыы, олох түөрэккэй өттүгэр охтуу да аҕыйыа.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн борбуйун көтөхтө да, ЫАЛ буолуохтааҕыгар иитии барыахтаах
❗👆Уопсастыбанньык сөпкө этэр. Маннык ыарыылар тарҕаныылара сиэр-майгы сатарыйыытын кытта сибээстээхтэр. Киһи син биир айылҕа оҕото. Арай, уратыбыт диэн, биһиги өйбүт-санаабыт, сиэрбит-майгыбыт, итэҕэллээхпит. Ону баара, ханнык эрэ араҥа дьоҥҥо ол ситэтэ суох, сөптөөх өттүгэр иитии барбатах буоллаҕына, көҥүл, бас баттах, итэҕэлэ, эппиэтинэһэ суох олоҕунан олоруо турдаҕа. Оннук уопсастыбаҕа "үөһэттэн" да маннык ыарыылары ыыппыт буолуохтарын сөп. Накаастабыл быһыытынан уонна киһи аймаҕы кутталынан олордун, бэйэтин туттуннун диэн.
👇Сифилис историятыттан ааҕыҥ
https://runews.biz/samaya-pozornaya-bolezn-kto-na-samom-dele-zarazil-evropu-sifilisom/