Бүгүнү күнүс киин куоракка халлаан лаппа сылыйар, баара-суоҕа – 20...-22 кыраадыс буолара күүтүллэр.
Тохсунньу 20 күнүгэр Саха сирин хотугулуу-илиҥҥи улуустарыттан ураты сирдэргэ, ол иһигэр арҕаа уонна Өлүөнэ алын тардыытыгар, хаардыаҕа.
Арҕаа уонна соҕуруу сорох сиргэ сөкүүндэҕэ 9 – 14 миэтэрэ түргэннээхтик үрэр тыалырыаҕа. Арктика кытылыгар, Ленскэйгэ, Кэбээйигэ уонна Эдьигээҥҥэ тыал күүһэ 15 – 18 м/с буолуоҕа, быыһыгар тибиэҕэ.
Бу түүн хотугулуу-илин -43...-48, хотугулуу-илиҥҥи улуустар намтал сирдэригэр -49...-54, арҕаа -22...-27, соҕуруулуу-арҕаа -12...-17 кыраадыс. Күнүскү өттүгэр салгын кыралаан халбаҥныа. Холобур, арҕааҥҥы улуустарга -15...-20 буоллаҕына, соҥуруулуу-арҕаа -10...-15 буолара күүтүллэр.
Дьокуускайга бүгүн күнүс кыраһалыа. Соҕуруулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 3 – 8 миэтэрэ түргэннээхтик үрэр тыаллаах буолуо. Оттон күнүһүн халлааммыт -20...-22 кыраадыс тымныы.
Сиһилии:
https://kyym.ru/sonunnar/ajyl-a/13168-dokuuskajga-sylyjar-sorokh-sirge-54s