Хадан аттаах айанньыттара бурят аламаҕай норуотугар махтаннылар🐴✊🏼Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиакииҥҥэ атырдьах ыйын 15 күнүгэр Сунтаар Хаданыттан Монголияҕа атынан айаннаабыт Роман Попову уонна Геннадий Пустоляковы кытта көрсүһүү буолла. Биир дойдулаахтарбытын аттарын кытта бурят хоһуун уолаттара Эдуард Данзанов уонна Баир Гатапов түөрт күнүнэн массыынанан тиэйэн аҕаллылар. Эдуард кинилэри өссө Монголияҕа илдьэн күүлэйдэппитэ. Ити курдук 2,5 ыйдаах атынан айан устатыгар элбэх дьон үтүө сыһыанын, көмөтүн билэн этэҥҥэ эргилиннилэр. Эдуард этэринэн, Романнаах Геннадийы бары ытыктаан Ахе (Аҕа) диэн тылынан ыҥыраллара үһү. Ол туһунан Роман Октавианович: "Буряттар ааһан иһэр аттаах айанньыттарга сүрдээх аламаҕай сыһыаннаахтар уонна олус күүстээх итэҕэллээхтэр эбит", - диэн кэпсиир.
Онуоха, биһиги дьоммут бэйэлэрэ эмиэ Бурятия дьонугар үтүө дьайыылаах буоллулар. Олохтоохтору кытта уопут атастаһан, кинилэр сатаабаттарын көрдөрөн, оҥорон биэрэн сөхтөрдүлэр. Өссө сылдьыбыт сирдэригэр аты мииниини, атынан айаны инники улаханнык сэҥээрбэт буоллахтарына, Романнаах Геннадий кэлбиттэрин кэннэ сыһыан уларыйбыт. Чуолаан, кинилэри бэйэтигэр олордон ыалдьыттаппыт, оҕолору төрүт үгэскэ уһуйар Нима Батуевка акка уһуйуллар баҕалаах элбээбит.
Онон, Романнаах Геннадий айан кэмигэр көмөлөспүт дьоҥҥо барыларыгар, сүрүннээн Бурятия ыалдьытымсах норуотугар, махталлара олус улахан. Төһө даҕаны Монголияҕа ата суох тиийдэллэр, Улуукан Чыҥыс Хаан олорон ааспыт ытык сирин кэрэхсээн, сүгүрүйэн, ыра санааларын толорон кэллэхтэрэ. Эдуард Данзанов эппитинии, кинилэри өбүгэлэрэ, сир-дойду иччилэрэ, мэҥэ халлаан айыылара бэйэлэринэн араҥаччылыы сырыттахтара.
Видеоҕа: Аттаах айанньыттары аҕалбыт фермер Эдуард Данзанов уонна доҕоро Баир Гатаповhttps://t.center/kyymsakha