#САХАТЫЛА400

Канал
Логотип телеграм канала #САХАТЫЛА400
@sakhatyla400Продвигать
218
подписчиков
Общественное движение по сохранению и развитию якутского языка "САХА ТЫЛА 400" ДЬОКУУСКАЙ КУОРАТ 400 СААҺЫГАР ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛБЫТ ЧӨЛ ТУРУКТААХ БУОЛАРЫН СИТИҺИЭХХЭ!
*Төрүт тыл түһүлгэтигэр "Саха тыла 400" түмсүү нетворкинг уонна форсайт сессия ыытар.*

1. Нетворкиҥҥа ыалдьыттыы кэлиэхтэрэ саха тылын, культуратын тула үлэлиир-хамныыр общественнай түмсүүлэр.

2. Ону таһынан биллэр-көстөр блогердар, артыстаар, журналистар, ырыаһыттар "Дьиэ-кэргэн - төрөөбүт тыл биһигэ" диэн форсайт-сессияҕа бэйэлэрин санааларын, уопуттарын үллэстиэхтэрэ:
*🔸Айыына Кожурова* ийэтинээн
🔸*Олег Колесов - Талбан*
🔸*Анастасия Груздева*
🔸*Кэрэли Кириллина уолунаан Айылханныын*
🔸*Уйгулаана Николаева, “Say Saqa”*
🔸*Семен Ченянов, Павел Ченянов, Дмитрий Ченянов, Умсуура* о.д.а.

🥰 Барыгытын 17.11 "КВАРТАЛ ТРУДА" күүтэбит.
*«Күөрэгэй» төрүт тыл түһүлгэтигэр ыҥырабыт* 🕊️❤️

Дорогие родители, дети, бабушки, дедушки и *просто интересующиеся якутским языком* и культурой!

Приглашаем вас *17 ноября* стать частью *III фестиваля родного якутского языка «Күөрэгэй»* 🥰

*Вас ждут:*
📸мастер-классы для детей, подростков и взрослых
🗣️ встречи с интересными и известными спикерами
👾 игры, конкурсы и мн.др.

👍 Также на фестивале пройдет *нетворкинг, форсайт-сессия*, где будут обсуждаться вопросы о сохранении и популяризации родного языка.

Доҕоттоор, *саха тылын сайдар кэскилин туһугар түмсүөҕүҥ!*

"Күөрэгэй" түһүлгэҕэ *оҕолорго, эдэр ыччакка, төрөппүттэргэ аналлаах*:
🤹🏻‍♀️араас маастар-кылаастар
🗣️ аһаҕас кэпсэтиилэр
🎤 концерт.

👍 *Форсайт-сессияҕа, нетворкиҥҥа* анал идэлээхтэр, биллэр-көстөр ыалдьыттар санааларын үллэстиэхтэрэ, аһаҕас кэпсэтии тэрийиэхтэрэ

*Эн биһигини кытта буол, доҕотторгор кэпсээ*🙌🏻

❤️ Барыгытын күүтэбит! Всех ждем!

📆 17 ноября с 11.00-17.00ч.
📍 Квартал Труда, ул. Труда, 1а
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
"Барҕарыы", «Чохоон» бырайыага - сахалыы саҥарар, ыллыыр сорудахтаах алпаабыт “Айарга” атыыланар. Оҕо олус сөбүлээн дьарыктанар 😊
#САХАТЫЛА400
*I СЕМЕЙНАЯ ОЛИМПИАДА "КҮӨРЭГЭЙ"* Впервые в рамках фестиваля "Күөрэгэй" проводится семейная онлайн-олимпиада 📍*Кто может участвовать?* Олимпиада является семейной, в ней могут участвовать семьи, желающие повысить интерес членов семьи к якутскому языку,…
Призы от наших спонсоров:
1 место - сертификат на 10.000 от магазина @milко_ykt

2 место - сертификат от фотостудии "Кэрэ" @kere_photo

3 место - сертификат на изготовление фотокниги от @alenafotoknigi

📍*Организатором Олимпиады* является оргкомитет фестиваля «Күөрэгэй». *Составители заданий*: педагоги центра развития детей «Сайдыс» @centr_saidys

📍*Соорганизатор Олимпиады*: АНО Этнокультурный центр «Терра».
*I СЕМЕЙНАЯ ОЛИМПИАДА "КҮӨРЭГЭЙ"*

Впервые в рамках фестиваля "Күөрэгэй" проводится семейная онлайн-олимпиада

📍*Кто может участвовать?*
Олимпиада является семейной, в ней могут участвовать семьи, желающие повысить интерес членов семьи к якутскому языку, культуре, истории народа саха.
📍*Где проводится олимпиада*?
Олимпиада проводится в мобильном приложении по изучению якутского языка «Сахалыы» @sakhalyy_app (можно скачать в Play Market или App Store).
📍 *Когда проводится?*
Олимпиада проводится в период с 4 по 14 ноября 2024 года.
📍 *Какие задания в олимпиаде*?
Задания Олимпиады включают 25 тестовых заданий. В каждом необходимо выбрать один вариант ответа из нескольких предложенных.
📍 *Какие будут призы?*
- *Все участники Олимпиады получают сертификаты* в электронном виде.
- 3 семьи-участника, показавшие наилучшие результаты, получат подарки от Оргкомитета фестиваля «Күөрэгэй».
- ⁠Вручение дипломов победителей состоится 17 ноября в Квартале Труда на закрытии фестиваля «Күөрэгэй».
*Эн саха өбүгэлэрин, Омоҕойдоох Эллэй, туһунан номоҕу аахтыҥ.*

1. Эллэй хайдах майгылаах эбитий? (Хорсун, сытыы-хотуу, мындыр, өйдөөх, уус идэлээх, үлэһит, элэккэй)

2. Эллэй хайдах дьүһүннээх буолуой. Уруһуйдаа. (Модьу-таҕа көрүҥнээх, улахан уҥуохтаах, дараҕар сарыннаах, суон харылаах, уоттаах харахтаах).

3. “Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан сүбэлэт”, “Кырдьаҕастан сүбэтин, эдэртэн эйэтин ыл” диэн өс хоһооннорун хайдах өйдүүгүнүй? (Бу өс хоһооннор кырдьаҕас, мындыр киһи сүбэтэ олус наадалаах, ол сүбэни олоххор туһан диэн суолталаахтар)

4. Омоҕой кыргыттара ким диэн ааттаах эбиттэрий? Ойуулаа.

5. Сахалар күөлү, өрүһү тоҕо Эбэ диэн ааттыылларый?

6. Түптэ, күрүө, хааһах диэн тыллар быһаарыыларын тылдьыттан бул.

7. Ыһыах туох суолталааҕый? (ыһыахха саха киһитэ айыыларга, иччилэргэ үҥэр-сүктэр, алгыс ылар, кэскили түстүүр)

8. Эллэй туһунан комикста уруһуйдаа.

9. Омоҕой, Эллэй саҕанааҕы Туймаада хаартатын оҥор
Сэтинньи ыйтан *"Ааҕар Саха сирэ" түмсүү биир улахан бырайыагы саҕалыыр*!

*Күндү төрөппүттэр, эбээлэр-эһээлэр, учууталлар!*

Саха номоҕо, үһүйээнэ олус баай уонна кэрэхсэбиллээх💯📚🥰
Оҕолорбутугар, *ыччаппытыгар саха норуотун биир баайын, номохтору, билиһиннэрэр соругу туруорунуоҕуҥ* диэн ыҥырабыт! 😍Номоҕу билиһиннэрии 1)оҕо ааҕар дьоҕурун сайыннарар, 2) омук быһыытынан уратытын билинэригэр көмөлөһөр, 3) төрөөбүт дойдутугар, саха култууратыгар, тылыгар тапталын күүһүрдэр ☀️🌿📚 Оскуола программатыгар саха номоҕо олох аҕыйах кээмэйинэн киирэ сылдьар. Бу күндү, баай матырыйаалы саха литературатын, тылын, история уруоктарыгар, кылааһы таһынан ааҕыыга, "Дьоһуннааҕы кэпсэтиигэ" туһаныахха.
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Сахалыы Виктория "Алисаҕа" киирбит. Сахабыт тыла эйгэтин маннык кэҥэтэн истин! 👏🏻👏🏻👏🏻
*Алтынньы 19 к. 14ч. "Ааҕар Саха сирэ" түмсүү уонна "Кэскил" оҕо кыһата*📚📝

аныгы оҕо литературатын уонна оҕоҕо аналлаах испэктээк ис хоһоонун, хайысхатын торумнуур

*"Оҕоҕо аналлаах айымньы, репертуар: саҥа тиэмэлэр, сонун ньымалар"* 📚🎭страт-сессияҕа ыҥырар.

Аныгы оҕону хайдах аахтарабытый, хайдах айымньы, испэктээк кыра көрөөччүнү кэрэхсэтиэй? Ааҕыы-көрүү култуурата үрдүүрүгэр туох ньыманы-албаһы тобулабытый?

*Кыттыыны ылыахтара:* тыйаатыр,
кинигэ кыһаларын, бибилэтиэкэ, билим, үрдүк үөрэх үлэһиттэрэ, суруйааччылар, алын кылаас учууталлара, саха тылын учууталлара.

*Буолар сирэ, күнэ-дьыла:* Н.Д. Неустроев аат. Smart-бибилэтиэкэ, 303 ауд. *алтынньы 19 күнэ 14 ч*.
Дьокуускай куорат "Айыы кыһата" национальнай гимназия саха тылын  уонна литературатын учуутала Каженкин Рустам Николаевич бэлэмнээбит ойуулаах тылдьытын көрүҥ.

Полезный выходной со словарем в картинках, который подготовил Каженкин Р. Н., учитель якутского языка и литературы Национальной гимназии "Айыы кыһата".

#Сынньанатаарыйа #Надосуге #Сахатыла

@yaguo_official
Forwarded from ЧОХООН
САҤА ОЙУУЛУК

🗓 Оҕолорго дьыл кэмнэрин үөрэтэр 3D ойуулугу сүрэхтиибит
👏👏👏

💟 "ЧЭЭЛЭР ЧЭЭКЭЛЭР" ырыалаах ойуулук "Аптаах халандаар" диэн саҥа сиэрийэтэ таҕыста😍

🎞"Саха" НКИХ сакааһынан "Мультидитек" ХЭТ "Ойуулук" анимационнай студията көрдөрөр🤩

🟡 ЧОХООН RUTUBE суруттар

@chokhoon
Telegram Center
Telegram Center
Канал