View in Telegram
Сэтинньи ыйтан *"Ааҕар Саха сирэ" түмсүү биир улахан бырайыагы саҕалыыр*! *Күндү төрөппүттэр, эбээлэр-эһээлэр, учууталлар!* Саха номоҕо, үһүйээнэ олус баай уонна кэрэхсэбиллээх💯📚🥰 Оҕолорбутугар, *ыччаппытыгар саха норуотун биир баайын, номохтору, билиһиннэрэр соругу туруорунуоҕуҥ* диэн ыҥырабыт! 😍Номоҕу билиһиннэрии 1)оҕо ааҕар дьоҕурун сайыннарар, 2) омук быһыытынан уратытын билинэригэр көмөлөһөр, 3) төрөөбүт дойдутугар, саха култууратыгар, тылыгар тапталын күүһүрдэр ☀️🌿📚 Оскуола программатыгар саха номоҕо олох аҕыйах кээмэйинэн киирэ сылдьар. Бу күндү, баай матырыйаалы саха литературатын, тылын, история уруоктарыгар, кылааһы таһынан ааҕыыга, "Дьоһуннааҕы кэпсэтиигэ" туһаныахха.
Telegram Center
Telegram Center
Channel