💎“Кытыаста Таас” (“Сияющий камень”) өбүгэ саҕаттан кэлбит төрүт үгэһи уонна аныгы кэм сайдыытын бииргэ дьүөрэлээн, холбуу тутан бар дьоҥҥо култуура бэлиэ түгэнин быһыытынан көрдөрбүт ураты тыыннаах этно-балет буолар.
Бу испэктээк саха номохторугар-үһүйээннэригэр уонна ураты айылҕатыгар тирэҕирэн айыллан тахсыбыт, өрөспүүбүлүкэбит биир сүрүн бэлиэтэ буолбут алмаас таас кэрэ көстүүтүн уонна ис кыаҕын, күүһүн-уоҕун туһунан сэһэргиир.
Бырайыак АЛРОСА хампаанньа үбүлээһинин көмөтүнэн олоххо киирбит. Оттон үп-харчы баар буоллаҕына, баһырхай даҕаны идиэйэлэри олоххо киллэриэххэ, ону ситэрэн-толорон, тыйаатырдыы дьүһүйүү оҥорон таһаарыахха сөп. Ол да иһин буоллаҕа, “Кытыаста Таас” ситэн-хотон сыанаҕа тураатын кытта, тыйаатыр кириитиктэрэ да, көрөөччүлэрэ да биһирээтилэр. Бэлиэтээн эттэххэ, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эрэ буолбатах.
Либреттоны Опера уонна балет тыйаатырын дириэктэрэ, СӨ култууратын туйгуна
Владислав Левочкин суруйбут.
Кини биһиэхэ анаан быйыл “Көмүс Мааска” Арассыыйатааҕы Национальнай театральнай бириэмийэ барыллаан сүүмэрдиир куонкуруһун ааспыт бу ураты этно-балет хайдах чочуллан тахсыбытын туһунан кэпсээтэ
➡️https://kyym.ru/sonunnar/kultura/12946-kytyasta-taas-ajymnylaakh-suola-almaas-balet-doruoja-buolbutun-tu-unan