✨Платон ити кэнниттэн син ону-маны кэпсэттэ, сураста. Бэйэтин туһунан хас да бэлиэ тыллары ахтан аһарда. «Соҕурууттан ырааһыран, бүтэн кэллим. Аны - манна. Манна хайдах буолар. Сотору сууттуохтаахтар. Түргэнник сууттууллара эбитэ буоллар, быһаарсыллыа этэ... Эн санааҕын түһэримэ, Ойуунускай кэргэнэ буоллаҕым диэн кэмсинимэ. Ойуунускай - өлбөт киһи. Сэрии буолаары гынна быһыылаах, сэриини этэҥҥэ мүччү түһэргит буоллар.
✨Ойуунускай бэйэтэ өлбүтүн да иһин, аата-суола норуокка син биир ааттаныа. Онон кытаатан оҕолоргун иит, оҕолоргун көр-харай, үөрэттэр. Туох бааргын барытын атыылаа, тугу да харыстаама, кэлин ону уон оччонон оһорунуоххут... Кэргэммэр тоҕо үлэ булан биэрбэтигит?» - хос хаһаайыныгар эргилиннэ. Онуоха киһитэ: "Биһиэхэ тоҕо эппэтэххиний? Биһиэхэ этиэҥ этэ буоллаҕа дии", - диэтэ миэхэ. Платон: "Көрдөһөбүн, кэргэммин үлэҕэ олохтооҥ. Итиэннэ аныгы сырыыга оҕолорбун барыларын аҕалан көрсүһүннэриҥ".
✨Бу кэнниттэн сотору үлэҕэ ылылынным. Бу иннинэ урут да араас үлэлэргэ киирээри онно-манна тыллана сатыырым да, Ойуунускай кэргэнэ буоларбын истээт, хата, бары умса хайыһаллара.
✨1939 с. муус устарга иккистээн көрсүһэ барбытым. Саргылаананы илдьэ. Ытаспакка-соҥоспокко, кэмчиэриспэккэ үчүгэйдик көрсүбүппүт. Платон урут эппит тылларын өссө төгүл хатылаабыта. «Оҕолоргун ыһыма, оҕолоргун иит, үөрэттэр»,- диэбитэ. Онтон следовательга дьорҕойбута: "Toҕо сууттаппаккыт? Тоҕо? Силиэстийэм аныаха диэри бүтэ илик дуо?" Анарааҥҥыта: «Сотору-сотору, адьас чугаһаан турар».
✨Платон кыыһын уураан-сыллаан, уруккутун курдук таптаан баран, этээхтээбитэ: «Тооруом, аныгы сырыыга оҕолоргун үһүөннэрин илдьэ кэлээр». Кырдьык, кэлин оҥостон-оҥостон бары кэлбиппит да, аҕабытыгар киллэрбэтэхтэрэ. « Начальниктар суохтар», - диэн буолта. Бићиги күн ортото ааһыар диэри кэтэспиппит, син биир туһа тахсыбатаҕа. Сотору аҕабыт өлбүт сураҕын истибиппит. Бука, кэлин тиийэрбит саҕана тыына быстаары ыксаан сытар, бэйэтин уйуттуммат буолбут кэмэ эбитэ ини, олиһин көрүһүннэрбэтэх буолуохтаахтар.
🔺Кэлин билбитим, Платону Иркутскай куоракка туппуттар эбит. Кини онно Певзнягы, Габышевы, Аржакову уонна Д.П. Новикованы кытта аргыстаћан, тимир суолунан кэлбит, итиэннэ Ангара үрдүнээҕи икки мэндиэмэннээх кыра гостиницаҕа түспүт. Д.П. Новикова аллара хоско түспүт, эр дьон бары үөһэ биир хоско түспүттэр. Аржаков кыыска (Д.П. Но-виковаҕа) эппит: «Ааҥҥын хатанан олор, мэнээк дьоҥҥо аћыма, биһиги кэллэхпитинэ саҥаран биллэриэхпит». Онон оруоллаатахха, apaaha да, бары дьиксиммит кэмнэрэ эбит.
✨Күнүс 12 чаас саҕана кыыс аанын тоҥсуйбуттар да, аһан биэрбэтэх. Эбиэт саҕана Габышевтаах Аржаков тиийэн кэлбиттэр уонна ыйыппыттар:«Платон ханна барда?» - « Билбэтим, мин хоспуттан тахсыбакка олоробун»,- диэбит Д.П. Новикова. Ол күнү быһа киһилэрин көрдөөбүттэр, нөҥүө күнүгэр бэйэлэрэ эрэ Дьокуускайга көппүттэр. Бүттэҕэ ити.
✨«Платон кэлин төрүт да саҥатыттан-иҥэтиттэн матан хаалбыта, наћаа кэри-куру буолбута», - диир Д.П. Новикова. Аргыстара: «Киһибит айаныттан сылайдаҕа»,- дэспиттэр.
🔸П.А. Ойуунускайы мин куруук баар, хаћан да өлбөтех киһинэн ааҕабын. "Тооруом, мин хаћан да өлбөт киһибин», - диэн эппит бэлиэ тыллара кулгаахпар субу баарга, иһиллэргэ дылы. Хайдах эрэ хоһун аанын аһылла түһүө, таћыттан Платон үөрбүтүнэн-көппүтүнэн субу көтөн түһүө дии саныырга, кэтэһэргэ дылыбын.
✨Кырдьыга даҕаны, П.А. Ойуунускай өлбөтө, кини тыыннаах. Тыыннаах кини талааннаах поэт, прозаик, драматург, фольклорист, бүтүн биир национальнай советскай литератураны төруттээччи, учуонай уонна партийнай-государственнай деятель быһыытынан.
✨Тыыннаах коммунист, тыыннаах кэрэ киһи, дьиэ кэргэн тапталлаах аҕатын, үтүөкэннээх доҕор быһыытынан.
✨Бу тыллары миигин кэргэнэ буолан эттэҕэ диэмэҥ, саха тыллаах барыта этэр тыллара дии саныыбын.
1983 c.
©️(А.Н. Борисова - Ойунская✨)
"Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан" кинигэтиттэн
В.Б. Окорокова, В.Н. Луковцев
2021 с.