КЭСКИЛ

Channel
Logo of the Telegram channel КЭСКИЛ
@keskil_media2020Promote
1.27K
subscribers
☀️ Детское издательство «Кэскил» им. Н.Е. Мординова-Амма Аччыгыйа keskil14.ru
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🌳 «ТӨРҮЧЧҮ» бырайыак Ньурба улууһугар!

🔶 Сэтинньи 14-15 күннэригэр Ньурба улууһугар "Төрүччү" научнай-чинчийэр кэмпириэнсийэ ыытылла турар. Бүгүн Ньурбатааҕы киин бибилэтиэкэҕэ төрүччүнү үөрэтиигэ туһуламмыт көрсүһүү улуус кыраайы үөрэтээччилэрин, историктарын, бибилэтиэкэ үлэһиттэрин муста. Салгыы К.Д. Уткин аатынан Ньурбатааҕы норуоттар доҕордоһууларын түмэлигэр ""Семьеведение" бырагырааматын чэрчитинэн орто уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр төрүччүнү киллэрии" төгүрүк остуол буолан ааста. Маны таһынан кэлбит кыттааччыларга дьиэ кэргэн төрүччүтүн архыыбын оҥорууга маастар-кылаас ыытылынна.

🔶 Төгүрүк остуолга кыттыыны ылбыт үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ оҕо төрүччүтүн кыра сааһыттан билэ-көрө, үөрэтэ, ону иҥэринэ улааттаҕына, олоҕор бигэ тирэхтээх буоларын өссө төгүл тоһоҕолоон эттилэр уонна бу хайысхаҕа күүскэ ылсан үлэлиир санаалаахтарын иһитиннэрдилэр.

🔶 Бу 2024 үөрэх сылыттан Арассыыйа оскуолаларыгар "Семьеведение" уруога киирбитэ. Бу уруок биир сүрүн хайысхатынан оҕолорго төрдү-ууһу үөрэтии буолуохтааҕын кэлбит учууталлар бэлиэтээтилэр.

🔶 Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата 2022 сылтан «Төрүччү» НПК күрэҕин ыытар. Манна сүрүн партнердарбытынан СӨ Хотугу норуоттарын генеалогия уонна этнология научнай-чинчийэр института, Саха сиринээҕи наука дьоҕус Академията буолаллар.

🔶 "Төрүччү. Память предков" НПК күрэҕэ быйыл «Оҕо уонна ычча медиатын сайыннарар регионнар икки ардыларынааҕы киин» коммерческайа суох автономнай тэрилтэни кытта «Мин дьиэ кэргэним Аҕа дойду историятыгар» патриотическай форум» диэн Ил Дархан Гранын ылбыт бырайыак биир улахан тэрээһинэ буолар.

🔶 Ньурба улууһугар Хотугу омуктар төрүччүлэрин үөрэтэр-чинчийэр уопсастыбаннай научнай институт дириэктэрэ Константин Аргунов, «Кэскил» оҕо бэчээтин үлэһиттэрэ Прокопий Софронеев, Анна Слепцова үлэлииллэр. Сарсын, сэтинньи 15 күнүгэр, экспердэр Чаппанда орто оскуолатыгар "Төрүччү" НПК күрэҕи иилээн-саҕалаан ыытыахтара.

#ТӨРҮЧЧҮ
#ПАМЯТЬПРЕДКОВ
#ГРАНТИЛДАРХАНА

@keskil_media2020
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🌳 НЬУРБА УЛУУҺУГАР «ТӨРҮЧЧҮ» БЫРАЙЫАК ҮЛЭЛИИР!

#ТӨРҮЧЧҮ
#ПАМЯТЬПРЕДКОВ
#ГРАНТИЛДАРХАНА

@keskil_media2020
☘️ Чакыр бултуур сирдэргэ киирсэр сирдээх-уоттаах дойду

https://keskil14.ru/bult-tyyn-darykpyt/

✍️ Дайаана СОЛОВЬЕВА, VI кылаас, 2-с Чакыр, Амма
🏠Ыал кыстыкка киириитэ элбэх бэлэмнэниини эрэйэр

https://keskil14.ru/ebem-ha-aastaah-ha-aajka/

✍️ Арсен ШЕПЕЛЕВ, VI кылаас, Чакыр орто оскуолата, Амма
🧊 500  илиис  муус – оскуолабыт  остолобуойугар, 100 илиис  – ветераннарга

https://keskil14.ru/yraas-muus-k-mu-ha/

📸 https://vk.com/album-199463452_304931713

✍️ Василена ДМИТРИЕВА, Х кылаас, «Кустук» студия, Кеша Алексеев аатынан Хаптаҕай орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас
🌱 Вас приветствует Олеся с новым выпуском ЭкоДела

🗑Каждое утро мы встаём, готовим завтрак, выбрасываем упаковку, включаем свет... И даже не задумываемся о том, сколько всего мы оставляем за собой в виде отходов. 🗑️ А ведь каждый день этот «след» становится всё больше!

Подробнее об этом расскажет Олеся: https://vk.com/video-215275984_456239272
🤔 Муҥха кэнниттэн, дьиэбэр кэлэн иһэн, тоҕо балык кэлбэтэҕин ырыта саныыбын

https://keskil14.ru/oskuolanan-mu-ha-a/

📸 https://vk.com/album-199463452_304931713

✍️ Ангелина ДАНИЛОВА, XI кылаас, В.И. Ленин аатынан Уолба орто оскуолата, Таатта
☘️ Дойдуга бэриниилээх буолууга, үлэнэн иитиигэ анаммыт методическай десант үлэлээтэ

https://keskil14.ru/le-doruoja-mihail-gotovtsev-dojdugutugar-lelee

✍️ Снежанна ГОТОВЦЕВА, Айыллаана ГОТОВЦЕВА, VIII кылаас, Туйаара МАМОНТОВА, IX кылаас, Валерия ГОТОВЦЕВА, X кылаас, “Байаҕантай кэскиллэрэ” юнкордара, М.Н. Готовцев аатынан Танда орто оскуолата, Уус Алдан
🌳 "Төрүччү" бырайыак Ньурбаҕа!

🌳 Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, Ньурба улууһугар Бүлүү бөлөх оройуоннарын үөрэнээччилэрин "Төрүччү" өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-чинчийэр үлэ куонкуруһун чэрчитинэн улуус Киин бибилэтиэкэтигэр
кыраайы үөрэтээччилэри, историктары, мусуой үлэһиттэрин, педагогтары кытары көрсүһүү ыытылла турар.

Хотугу омуктар төрүччүлэрин үөрэтэр-чинчийэр уопсастыбаннай научнай институт дириэктэрэ Константин Аргунов Ньурба оройуонун кыраайы үөрэтээччитигэр Василий Иванович Трофимовка-Сүлэ киһитигэр махтал сурук туттарда.

#ТӨРҮЧЧҮ
#ПАМЯТЬПРЕДКОВ

@keskil_media2020
Telegram Center
Telegram Center
Channel