🌳 «ТӨРҮЧЧҮ» бырайыак Ньурба улууһугар!
🔶 Сэтинньи 14-15 күннэригэр Ньурба улууһугар "Төрүччү" научнай-чинчийэр кэмпириэнсийэ ыытылла турар. Бүгүн Ньурбатааҕы киин бибилэтиэкэҕэ төрүччүнү үөрэтиигэ туһуламмыт көрсүһүү улуус кыраайы үөрэтээччилэрин, историктарын, бибилэтиэкэ үлэһиттэрин муста. Салгыы К.Д. Уткин аатынан Ньурбатааҕы норуоттар доҕордоһууларын түмэлигэр ""Семьеведение" бырагырааматын чэрчитинэн орто уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр төрүччүнү киллэрии" төгүрүк остуол буолан ааста. Маны таһынан кэлбит кыттааччыларга дьиэ кэргэн төрүччүтүн архыыбын оҥорууга маастар-кылаас ыытылынна.
🔶 Төгүрүк остуолга кыттыыны ылбыт үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ оҕо төрүччүтүн кыра сааһыттан билэ-көрө, үөрэтэ, ону иҥэринэ улааттаҕына, олоҕор бигэ тирэхтээх буоларын өссө төгүл тоһоҕолоон эттилэр уонна бу хайысхаҕа күүскэ ылсан үлэлиир санаалаахтарын иһитиннэрдилэр.
🔶 Бу 2024 үөрэх сылыттан Арассыыйа оскуолаларыгар "Семьеведение" уруога киирбитэ. Бу уруок биир сүрүн хайысхатынан оҕолорго төрдү-ууһу үөрэтии буолуохтааҕын кэлбит учууталлар бэлиэтээтилэр.
🔶 Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата 2022 сылтан «Төрүччү» НПК күрэҕин ыытар. Манна сүрүн партнердарбытынан СӨ Хотугу норуоттарын генеалогия уонна этнология научнай-чинчийэр института, Саха сиринээҕи наука дьоҕус Академията буолаллар.
🔶 "Төрүччү. Память предков" НПК күрэҕэ быйыл «Оҕо уонна ычча медиатын сайыннарар регионнар икки ардыларынааҕы киин» коммерческайа суох автономнай тэрилтэни кытта «Мин дьиэ кэргэним Аҕа дойду историятыгар» патриотическай форум» диэн Ил Дархан Гранын ылбыт бырайыак биир улахан тэрээһинэ буолар.
🔶 Ньурба улууһугар Хотугу омуктар төрүччүлэрин үөрэтэр-чинчийэр уопсастыбаннай научнай институт дириэктэрэ Константин Аргунов, «Кэскил» оҕо бэчээтин үлэһиттэрэ Прокопий Софронеев, Анна Слепцова үлэлииллэр. Сарсын, сэтинньи 15 күнүгэр, экспердэр Чаппанда орто оскуолатыгар "Төрүччү" НПК күрэҕи иилээн-саҕалаан ыытыахтара.
#ТӨРҮЧЧҮ#ПАМЯТЬПРЕДКОВ#ГРАНТИЛДАРХАНА@keskil_media2020