Бүгүн Чуукаар нэһилиэгин олохтоохторун ыҥырыытынан муҥхаҕа сырыттым. Ньурба куорат уонна Сүлэ нэһилиэгин дьаһалталарыттан эмиэ кытыннылар. Бэккэҥээ диэн күөлгэ муҥхаҕа элбэх киһи сырытта. Оҕолорго төрүт үгэһи көрдөрүү, онно үөрэтии-такайыы бэрээдэгинэн, Чуукаар нэһилиэгиттэн оскуола оҕолоро эмиэ дьоннорун кытта сылдьан, өбүгэ саҕаттан саха төрүт дьарыгар кыттыһан үөрдүлэр, сэргэхсийдилэр. Күөх Боллох син балачча бэристэ. Чуукаар дьонугар ыҥырыыларын иһин махтал!