🚩Кыайыы Знамята Мүрү алаас үрдүгэр күөрэйдэ
Улуу Кыайыы 80 сылын көрсөр историческай эстафета улууспут киинин аартыгар турар
Хараҕа төрдө бэлиэ сиригэр тиийэн кэллэ. Знамяны байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ Роман Ноговицын, Станислав Кирилин улуус устун нэһилиэктэринэн кэритиэхтэрэ, Кыайыы тыынын иҥэриэхтэрэ.
Кинилэр бүгүн Знамяны Мүрү 2 нүөмэрдээх орто оскуолатын юнармеецтарыгар туттардылар. Долгутуулаах түгэҥҥэ улуус депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ
Иннокентий Аммосов, Мүрү 2№-дээх орто оскуолатын дириэктэрэ
Алексей Мигалкин, бэтэрээн учуутал, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна
Татьяна Алексеева, 11 кылаас үөрэнээччитэ
Вова Мигалкин тыл эттилэр, Улуу Кыайыы Знамята кэнчээри ыччаты сырдыкка, үтүөҕэ, кыайыыга-хотууга, дойдуга бэриниилээх буолууга сирдиэҕэ диэн эрэнэллэрин биллэрдилэр.
Кыайыы Знамятын салгыы үтүө историялаах 1945 сыллааха Кыайыы ыһыаҕа ыһыллыбыт
Хос Үрэххэ Мындааба орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ көрүстүлэр.
Үөрүүлээх миитиҥҥэ Мүрү нэһилиэгин баһылыга
Прокопий Румянцев, нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ
Мария Петухова эҕэрдэлэрин, үтүө баҕа санааларын эттилэр.
"Батыйа" мемориальнай-комплекска Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын үөрэнээччилэрэ көрүстүлэр. Үүнэр көлүөнэ Кыайыы Знамята Аҕа дойду умнуллубат историятын кэрэһитэ буолан, үйэлэргэ умнуллуо суоҕа диэн инникилээх тылларын анаатылар.
Салгыы кыыһар кыһыл Знамяны Дьоруойдар аллеяларыгар атаардылар.
✍️Ольга Шепелева |
мюрюгазета.рф
✅ @uamurusahargata @ulusmedia