Смотреть в Telegram
Г.Д. Аржаковтаах кэккэлэћэ хоско олороллоро. Маруся, Григорий Дaнилович кэргэнэ, итини барытын истибит, көтөн түстэ: «Өкүлүүн, бу хайдах буоллун? Тура оҕус, хомун! Эн Платону кытта хайаан да көрсүһүөх тустааххын, хайаан да көрсүһүөхтээххин!» Ол түгэҥҥэ хайдах буолбуппун, тугу саҥарбыппын ончу өйдөөбөппүн. Тураары гынабын да, сүһүөҕүм уйбат, адьас нукаай курдукпун, Марусялаах таҥыннардылар быһыылаах,толору астаах суумканы илиибэр туттардылар. Таhааран кирилиэһи таҥнары өйөөн түһэрдилэр. "До5оор, хайдах буоллун? Өйдөн, Платону көрсө бараҕын", - дэһэллэрин дьэ чопчу иһиттим: "Платону? Паanaны дуо?" - «Ээх. Паапаны». Хардыылаатаҕым аайы улам уоскуйан, улам тэнийэн, бардар-баран истим: «Паапаны көрсөбүн, паапаны. Муҥнааҕым хайдах эрэ дьүһүннэннэ-бодолонно буолла? Бэйэни кыаннахха сатанар, кыатаныахха. Аны аккаастаан кэбиһиэхтэрэ, бэйи, тиэтэйиэххэ». Ити курдук саныы-саныы, сүүрэ былаастаан хааман, куорат биллэр өттүн диэки баран истим. Тиийдим, ааппын эттим. Пропуск суруйа охсон биэрдилэр. "Иккис мэндиэмэҥҥэ, 18-с хоско таҕыс", - дэстилэр. 🔺18-с хос. Тоҥсуйдум. Киһи саҥата бүтэҥитик: "Да!" - диэтэ. Көтөн түстүм. Киэҥ баҕайы хоско биир кићи олорор. Дорооболостум. «Ойуунускайга кэллим», - диэтим. Хаhаайын олоппоһу ыйда: «Итиннэ олор». Кнопканы баттаата быһыылаах, таћыттан биир саллаат көтөн түстэ: "Ойуунускайы аҕалыҥ", - хос хаћаайына дьаһайда. Онтон миэхэ эргилиннэ: "Хайдах-туох олороҕут? Доруобуйаҕыт? Оҕолоруҥ?" Киирэр аан эмиэ аһылынна, атах тыаћа сыр-сыр гынна. Көхсүбүнэн да олордорбун, муҥнааҕым Платон, киирбитин өтө сэрэйдим, ол да буоллар эргиллибэтим. Куттанарым бэрт, сэгэрбин көрүөхпүн наһаа кyттанабын, оччо иэдэйдэҕэ диибин. "Дорооболоруҥ" - Платон дорооболоһоp саҥата иһилиннэ. Чахчы кини саҥата. Мин хардарарым дуу, хардарбатым дуу? «Олор итиннэ, кэргэҥҥин кытта кэпсэт», - кабинет хаћаайына Платоҥҥа эттэ. Платон кэлэн аттыбар олордо. Мин диэки көрөр быһыылаах да, саҥарбат.«Баһаалыста, табахта көҥүллээ эрэ»,- диэтэ. Кабинет хahaaйына Платоҥҥа портсигарын уунна, испиискэ биэрдэ. Платон, аҕылыы-аҕылыы саҥата суох табахтаата. Табах тарпатаҕа өрбуолбут быһыылаах,бастаан дириҥ-дириҥник сыпсырыйбахтаата. Онтон дьэ налыччы тарта. "Өссө биир бөппүрүөскэтэ ылабын дуо?" - диэтэ саҥата. «Ыл», - диир киһи дьэбирдик. Онтон графинтан ыстакааҥҥа уу кутан кыллыгыратта. Саҥата: "Мэ, ис" - диэтэ. Платон тамаҕа хаппыт быһыылаах, иҥсэлээхтик иһэн кулурҕатта. «Баһыыба», - диэтэ. Ыстакаан хаһаайыныгар төнүннэ. Киһи ону түгэҕиттэн харбаан ылан, тэйиччи ууран кэбистэ. "Хайдах олордугут? Оҕолор хайдахтарый?" - Платон мин диэки дьэ эргилиннэ быһыылаах. Мин, туох имнэммитэ буолла, ис-испиттэн абаран кэллим. Хайыспакка да олорон, силбиэтэнним: «Баарбыт оттон. Oлоробут оттон. Тоҕо да биһигини ыйытаҕын? Биһигини санаабатаҕыҥ дуо, дойдугун санаабатаҕыҥ дуо? Туох буолан норуот өстөөҕө, таҥнарааччы буоллуҥ? Тугуҥ иэстэбилэй?!» Хоруй суох. Онтон бүппүт куолаһынан хардарда: «Дьэ, оннук. Норуот уола аатырарым, билигин норуот өстөөҕөбүн...» Эмискэ ытаан барда... Көрсүһүүнү алҕас саҕалаабыппын дьэ билинним, срэҕим мөҕүл-мөҕүл гынна, эргиллэ түстүм... 🔺Оо, урукку Платон, мин Платонум, ханна барбытай! Бу мин аттыбар букатын атын киһи олорор. Эрэйдээҕим сыыћа, баттаҕа кыргыллан дуу, хайдах дуу, наћаа кыччаабыт, наhаа чуучуйбут. Тииһэ-уоһа бараммыт. Адьас уҥуохтаах тириитэ эрэ ордубут. Арай харахтара, саһархайдыҥы ыраас сырдык харахтара эрэ чаҕылыһаллар. Дьэ, аһынным, дьэ, хараҕым уута таҕыста. «Паапаа», - диэт, куућа түстүм. Туора киһи олорор диэбэккэ, ахтылҕаммытын таћаарар гына уурастыбыт-сылластыбыт. Oл олордохпутуна, киһи саҥата дуорайда: "Дьыала туһунан кэпсэтимэҥ. Дьыала ситэ быһаарылла илик, быһаарыллан иһиэҕэ. Бэйэҕит, олоххут-дьаһаххыт туһунан кэпсэтиҥ". Тэйсэ туһээт, дьэ уоскуйан, кићилии кэпсэттибит. Платон бастаан Саргылаанатын ыйытта, онтон Сардаанатын. «Кими төрөппүкүнүй?» - диэтэ. "Кыыһы" - «Ноо, ким диэн ааттаатын?»-"Платонида" - "Ноо, бэрт эбит. Дьүһүнэ ким курдугуй?" - «Дьоллоох кыыс буолуо, эмиэ паапатын курдук. Платонида. Оччоҕо тапталлааҕа хайдах этиллэрий?» - «Идочка»- «Ида, Идочка. Үчүгэй аат эбит».
Telegram Center
Telegram Center
Канал