Смотреть в Telegram
Саха тылын дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕатар сыаллаах үлэлиир “Сай Саха” (Say Saqa) бырайыак ааптардара Николаева Уйгулаана, Слепцова Олеся дьоһун-мааны ыалдьыт буоллулар. Бу сыл олунньу ыйыттан саха тыла үөрэхтээх эдэр кыргыттар үһүө буолан бырайыагы саҕалаабыттар. Саха тылын сөпкө саҥарарга, суруйарга анаммыт кылгас биэриилэрин интернет ситимигэр уонунан, сүүһүнэн тыһыынчаҕа тиийэ киһи көрөр эбит. Оҕолорго туһулаан төрөөбүт тылбыт инники дьылҕата бүгүҥҥү ыччаттан улахан тутулуктааҕын, Сахабыт сирин сайдарын туһугар туһалаах, үлэһит дьон буолалларыгар баҕа санааларын эттилэр. Оҕолор эдэр дьон кэпсээнин сэргээн, болҕойон иһиттилэр. Олоххо бигэ туруктаах, саҥалыы көрүүлээх эдэр эрчимнээх дьону кытта көрсүһүү оҕолорго умнуллубат түгэн буолла.
Telegram Center
Telegram Center
Канал