Смотреть в Telegram
Сэтинньи 8 күнүгэр “Мин өрөспүүбүлүкэм” смена («Бэс Чагда» лааҕыр) кыттааччылара Мэҥэ Хаҥалас улууһун кыраайы үөрэтэр түмэлин салайааччыта, блогер Масаха Мэхээһи кытта көрүстүлэр. Саха сирин историятын, олоҕун-дьаһаҕын сонуннук, сэргэхтик сэһэргээн, дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт биллэр блогер оҕолорго саҥа бырайыагын кэпсээтэ. Саха төрүт дьарыгын, сүөһү иитэр үгэһин, аныгылыы тэринэр киэҥ ис хоһоонноох үлэтин бэрт сэргэхтик, ылыннарыылаахтык сэһэргээтэ. Маннык ураты саҥа көрүүлээх, эдэр эрчимнээх дьону кытта көрсүһүүлэр оҕолорго суолталаах, туһалаах буолуохтара диэн эрэнэбит.
Telegram Center
Telegram Center
Канал