View in Telegram
Масаха Мэхээс
Бу хоһоон ырыа буолан бу сарсыарда кулгаахпын нөҥүөлээн испэр киирэн олус долгутта. Тылларын саҥардыы сыныйан иһиттим - дойдугун чахчы таптыыр буоллаххына бу тыллар быһалыы сүрэххэр киирэллэр быһылаах
😅
Урут ырыа, мелодия эрэ курдук истэр этим
👇🏻
👇🏻
👇🏻
"Саха үҥкүүтэ" С.Данилов Үрүмэччи үөрүн курдук, Арыы-дьэҥкир халлаан курдук, Көөнньөрүүлээх кымыс курдук, Көҥүл санаа кыымын курдук Дьоллоох саха кыргыттара Чороон тутан таҕыстылар. Ойуу-дьарҕаа тирэҥсэлэр Оһуор үктээн киирдилэр, Нуоҕай лабаа илиилэр Дьол ырыатын тистилэр... Үөрэ сөхпүт санаабар Алаас тыала ил гынар. Чуумпу Лена долгунунуу, Туундара үрүҥ кубатыныы, Алаас хотун хатыҥыныы, Атан эрэр ньургуһуннуу, Намыыннарын, наскылларын, Нарыннарын баҕастарын. Кэрэ-бэлиэ кэпсээн курдук, Сэрэтиилээх сэһэн курдук, Ылбай чаҕаан ырыа курдук, Ыраас таптал кыымын курдук Сахам нарын үҥкүүтэ- Сахам сирин кэрэтэ!
Share
Telegram Center
Channel
Join