🟥ПЛАТОННУУН ТИҺЭХ КӨРСҮҺҮҮЛЭРИМ ТУҺУНАН КЭПСИЭХ ЭТИМ
©️(A.H. БOPИCOBA-ОЙУНСКАЯ)
✨🔺✨1937 с. ахсынньы 19 күнүгэр аҕабытын Москваҕа атаарбыппыт, Beрховнай Сэбиэт сессиятыгар. Хайдах эрэ ол курдук, доҕотторо-атастара мустан, уруйдаан-айхаллаан атаарбыппыт.
✨Аттанарыгар мин аарааҥҥа диэри барсыбытым. Ити билинни «Дeтский мир» маҕаһыын утарыта Авксентий Егоровичтаах олороллоро, кинилэргэ диэри массыынаҕа олорсон баран хаалбытым.
✨Платон Москвалаабыта. ССРС Верховнай Сэбиэтин маҥнайгы ыҥырыылаах сессията үлэлээн бүппүтэ. "Тохсунньу 27 күнүгэр хоҥнобут, харчыны туттум, ууруубун. Платон", - диэн Москваттан охсубут тэлэгирээммэтин туппутум. Сотору депутаттар төннүтэлээбиттэрэ.
✨Арай биһиги аҕабыт биллибэт. Кэтэстим - мэлигир, кэтэстим - мэлигир. Ыксаан, А.Г. Габышевка телефоннуубун, кићим: «Эһиги паапаҕыт Иркутскайга хаалбыта, сотору кэлиэҕэ»,- диир.
✨Александр Гаврильевичка бэйэтигэр тиийэбин, эппиэтэ син биир. П.M. Певзнякка, Н.Н. Окоемовка, С.П. Сидороваҕа төлөпүөннүүбүн. Эппиэттэрэ эмиэ биир: "Паапаҕыт сотору кэлиэҕэ, Иркутскайга былыргы суруктаах таас хайа баар үһү, ону көрө-үөрэтэ хаалбыта".
✨Күн-дьыл баран иһэр, оттон аҕабыт мэлигир. Мин: «Ыарыйдаҕа, ону кистииллэрэ буолуо», - дии саныыбын. Испэр наћаа абарабын. Иркутскайдаан хаалыахпын баҕарталыыбын да, Платонидабын оҕолонорум субу чугаћаан сылдьар.
✨Аҕабытын кэтэћэбит. Самолет ньирилээтэр эрэ, аэропорка төлөпүөннүүбҕн. Син биир суох. Ити икки ардыгар миэнэ олорор кэмим тиийэн кэллэ. 1938 с. ыам ыйын 20 күнүгэр Платонидабын төрөөтүм.
✨Бэс ыйын 2 күнэ этэ. Ньээҥкэбит эмээхсин оҕолору илдьэ парка аһыллыытын көрө барда.
Оҕолор тэһийбэттэрэ да сүрдээх, ону аралдьыта түһүөххэ эмиэ наада.
✨Кыһыл кыыспынаан олордохпуна, биир дьүөгэм Ольга киирэн кэллэ. Ону-маны буолары-буолбаты кэпсэттибит, онтон Ольга: «Хайа, пaaпаҕытыттан туох биллэр?» - «Суох, туох да биллибэт», - диибин. «Куһaҕаны тугу да истибэккит дуо?» - "Хайдах? Ол туох куһаҕан?" - өрө халахайдана түһэбин. Дьахтарым тугу да эбии быһаарбат, үбүл-дьибил буолар, таһырдьаны былдьаһар.
«Ити аата паапабыт ыалдьыбыт дуу, өлбут дуу буоллаҕа, ону кистииллэр», - диибин мин.
Ытаатым. Испэр улаханнык айманным. Эмискэ aaн тэлэллэ түстэ. Көрбүтүм, убайым Степан-Күн Дьирибинэ, итирбит. Hahaa испит. Киирдэ, уһуутуу-уһуутуу төттөрү-таары хаамыталаата, хаста да хабырынан кычыгыратта.
«Бу туох буоллун? Бачча айылаах кимин өллө дуу, тугуй дуу?» - наhaa иэдэйбитин көрөн, убайбын сэмэлиирдии тыл көтөҕөбүн. Киһим тугу да саҥарбат, сотору-сотору уһуутуур эрэ.
✨Саҥата суох өрө тиргиллэн баран, Степан тахсан баран хаалла. Сотору пааркалаабыт дьонум бу ньидьирићэн киирэн кэллилэр. Кыргыттарым, "маама" дэһэ-дэһэ, кэпсээн-ипсээн чубугурастылар. Арай ньээҥкэбит эрэ арбы-сарбы.
🔺Бу курдук тумаҥҥа муна, эрэйдэнэ олордохпуна, арай «Кыым» хаһыат тиийэн кэллэ. Онно 1938 с. бэс ыйын 3 күнүнээҕи инники ыстатыйатыгар хараҕым хатанна. Ытырыктата-ытырыктата ааҕан истим. Онтон... Оо! Суруйбуттар ээ!.. «...Аммосов, Барахов, Шараборин, Ойуунускай уо..д.а. курдуктар тус бэйэлэринэн тутулуннулар. Салгын ырааһырда», - диэбиттэр, араастаан үөхсүү кэнниттэн.
✨Кимнээх ордук дьэгдьитик тыынар буолбуттарын, кимнээх бопторон-тумнастан эрэллэрин быһаара, ону арааран толкуйдуу сатыырга, оччолорго, күүс-күдэх суоҕа.
✨Оччолорго биһигини билиҥҥи музей утарыта дьиэҕэ көһөрбүттэрэ. Иккис мэндиэмэн биир хоһугар. Биирдэ күнүс тас аан сүр тыастаахтык аһылынна, онтон ыарахан саппыкылаах кићи кирилиэћи өрө дабайан лиһиргийдээтэ. Тоҕо эрэ «дьик» гына түстүм, тулуйбатым, хоhум тас аанын аһа баттаатым. Көрбүтүм, биир кугас барааҥка сонноох, сулустаах бэргэhэлээх кићи аллараттан былтас гынна. Hahaa соһуйдум. "Ойуунускай манна олорор дуо?" - "Маннабын. Баһаалыста, аас", - диэн буолла. Байыаннай киһи дьиэҕэ киирээт, истиэнэ чаһытын көрө оҕуста. «Бириэмэ балачча эрдээбит: хомун, кэргэнин кэллэ, көрсө тиий. Биир чааска!» Итиэннэ тахсан, төттөрү хоҥтоҥнуу турда. Мин дөйүөрэн хааллым.