ФОТОФАКТ
Тыйаатырга биир түүн
Нөмүгүгэ «Түһүлгэ» култуура киинигэр С. П. Федотов аатынан норуодунай тыйаатыр 39-с сезонун арыллыытынан «ТЫЙААТЫРГА БИИР ТҮҮН» тэрээһин буолан ааста.
Бу тэрээһиҥҥэ 9 инсталляция: «Дьулуруйар Ньургун Боотур» кинигэ иллюстрацията, «Бухатыыр кыыс Күн Дьирибинэ», Анатолий Козлинский «Новогодняя передача», Валентин Серов «Девочка с персиками», И. Пестряков «Кэргэн кэпсэтии», Федор Решетников «За мир», Фрида Кало «Автопортрет», Зинаида Серебрякова «За туалетом», Иннокентий Корякин «Охчуттар» үлэлэрэ көрдөрүлүннэ.
Тыйаатыр артыыстара уонна оскуола оҕолоро бэрт итэҕэтиилээхтик дьүһүйэн, көрөөччүлэри биллиилээх худуоһунньуктар үлэлэрин нөҥүө араас бириэмэҕэ, кэмҥэ ыалдьыттаттылар.
Алена Филиппова.
@gazetahangalas