✨Күннээҕи гороскоп
✨Тохсунньу 21 күнэ
♈️Хой
Күҥҥүн сааһыланыыттан саҕалаа: дьоҕус дьыалаларгын түмүктээ, докумуоннаргын бэрий, төлөбүрдэргин төлөө. Чугас дьоҥҥуттан инникитин туһалаах буолар иһитиннэриини истиэҥ. Саҥа билсиһии тосхойдоҕуна мүччү тутума.
♉️Оҕус
Бу күнү ис санааҕын ырытан көрөргө анаа. Быһаарыныыта суох буоларын олохтон дуоһуйууну ыларга мэһэйдиэҕэ. Кириитикэҕэ киирэн биэрбэт туһуттан бэйэҕин хонтуруоллана сырыт.
♊️Игирэлэр
Сыыһаны оҥорууттан куотар сыалтан онно-манна аралдьыйбакка туруоруммут сыалгынан баран ис. Үлэҥ таһаарыылаах буоларыгар болҕомтолоох буоларгар сулустар сүбэлииллэр.
♋️Араак
Уустук боппуруостары быһаарарга үрдүк ис кыаххын туһан. Бүгүҥҥү саҥа толкуйдарын олоххор уларытыылары киллэриэн сөп. Санаабыккын мүччү туппат гына сурунан ис диэн сулустар этэллэр.
♌️Хахай
Эн идеяларын инникилээх, чаҕылхай суолталаах буолуохтара. Өрө күүрүүлээх дьону кытта бодоруһуу эһиэхэ күүс-уох эбиэҕэ.
♍️Кыыс
Мунньуллубут олох-дьаһах дьыалатын быһаар, инникитигэр хаалларыма. Тугу да умнубат сыалтан күҥҥүн былааннаа. Дьонтон көмө көрдүүттэн кыбыстыма – бииргэ үлэлиир үчүгэй түмүктээх буолуоҕа.
♎️Ыйааһын
Бэйэҕэр сынньалаҥы тэрийэргэ холон. Минньигэс киэһээҥи аһылыгынан эбэтэр тугу эмэ атыылаһан дуоһуй. Бэйэҕин көрүнэр уонна ис туруккун сааһыланар кэм кэлбит.
♏️Скорпион
Олоххор саҥа уонна суолталаах уларыйыылар киирэллэригэр бэлэмнэн. Доҕотторгун кытары былааннаргын ырыттаххына үчүгэйи булуоҥ. Тус олоххор табыллыы күүтэр.
♐️Охчут
Сарсыардаттан өрө көтөҕүллүүлээх дьыаларынан саҕалаа. Ол эйиэхэ энергияны уонна настырыанньаны биэриэҕэ. Тулалыыр эйгэҕэр болҕомтото уур, түргэнник оҥорор, бүтэрэр сыалтан бэйэҕин бэйэҥ быһаарын.
♑️Чубуку
Уларыйыы буоларыттан куттаныма, эн иннигэр саҥа кыахтар аһыллыахтара. Сайдаргар баар мэһэйдэри ырытан көр. Инники хардыылыргар наадата суохха аралдьыйыма.
♒️Күрүлгэн
Бүгүн ис санаан тугу этэринэн сырыт диэн сулустар этэллэр. Баҕа санааҥ туоларыгар бэйэҕин ырытан көр, уустук боппуруостарга эппиэттэ бул.
♓️Балыктар
Кыра кыһалҕаҕа болҕомтоҕун уурума, сүрүн сыалгынан иннин хоту баран ис. Саҥа дьону кытта көрсөһүү инники былааҥҥын уларытан кэбиһиэн сөп.
@gazetaensieli