«Бэс Чагда» лааҕырга “Мин өрөспүүбүлүкэм” смена кыттааччылара “Кама Хана” студия режиссера, продюсера Юрий Борисовы кытта көрүстүлэр. Саха сирин историятын киэҥник биллибэт, аһаҕастык кэпсэммэт түгэннэрин сырдатар “Тайна Вилюйского водохранилища” (2021), “Суруктаах” (2024), “Саха сирин оспот баастара” (2024), “Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего” (2024) документальнай киинэлэри устубут эдэр ыччат түмсэн айымньылаахтык үлэлии сылдьар
https://sakha-sire.ru/kama-hana-aziya-eregijienneriger-berestebiitelleeh-buoluoga/. Эдэр режиссер Юрий Борисов саха киинэтин уратытын, ситиһиилэрин кэпсээтэ, студия бырайыактарын билиһиннэрдэ. Бу киинэлэри устарга оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр дьарыктаммыт чинчийэр үлэтэ күүс-көмө буоларын тоһоҕолоон эттэ. Студия билигин саха тылын туһунан саҥа киинэ уста сылдьарын сэгэтэн кэпсээтэ.