Саха суруналыыстыкатын саарына Дмитрий Кустуров ✍
📰 Кини бэчээт эйгэтигэр 1949 сылтан үктэммитэ. Ол аата 74 сыл устата публицист, хаһыатчыт быһыытынан үгүһү суруйан-бичийэн, туруулаһан-туруорсан, ситиһэн кэллэ. Ытык суруналыыс, суруйааччы билигин 93 сааһыгар сылдьар. Кини 90 сааһын көрсө“Тылбаасчыт бэлиэтээһиннэрэ” диэн 32-с кинигэтин күн сирин көрдөрбүтэ.
🎖 Дмитрий Васильевич аатырбыт снайпер Федор Охлопков туһунан итэҕэтиилээх суруйуулара, 1965 сыллаахха саха буойунугар Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллиитигэр олук буолбуттара.
👨🏫 90-с сылларга Дмитрий Кустуров улуу киһибит Былатыан Ойуунускай аатын баһааҕырда сатаабыттарын туруулаахтык көмүскэспит үтүөлээх.
🎥 2002 сыллааҕы устуу.
@arhiv_nvk_sakha