🖌️📝 Саха уус-уран литературата төрүттэммитэ 125 сылын бэлиэтииргэ бэлэмнэнэбит.
Бүгүн тэрээһиҥҥэ эппиэттээх үлэһиттэри кытта мунньахтаан баран, биир сүбэнэн бэлиэ сылы икки күн устата ыытарга былааннаатыбыт. Ол курдук, олунньу 12 күнүгэр «СӨ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын харыстааһын уонна сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн олоххо киирбит бастыҥ бырайыактары көрдөрүү тэрээһинэ буолуоҕа.
Оттон сарсыныгар, Төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр, үтүө үгэскэ кубулуйбут уопсастыбаннас үөрүүлээх мунньаҕа ыытыллыаҕа. Бу күн биһиги аҥаардас саха уус-уран литературата 125 сылыгар эрэ буолбакка, 2025 сыл дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ уонна култуура эйгэтигэр киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэрин тула кэпсэтии буолуоҕа.
Онон бука барыгытын норуоппут сүрүн нэһилиэстибэтин байытар, сайыннарар туһуттан тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабын!
https://t.center/afanasiy_noev