Алампа 1935 сыллаахха орто туруу бараан дойдуттан букатыннаахтык бараары уһугулаан сытан, быраата Былатыан Ойуунускайга этэн, кини илиитинэн кэриэс сурук суруллубута.
Кини баҕа санаата туох этэй? Олохтообут Сахатын тыйаатыра сайдыан баҕаран, дыраама бастыҥ айымньытыгар кини аатынан бириэмийэни олохтуурга, ол аата саха литературата, олоҥхото, ырыата-тойуга, ускуустубата, култуурата сайдарыгар, чулуу айымньылар айыллалларыгар баҕа санаатын түмэн этэр. Соҕотох биир көрдөһүүтэ — ити кэриэһэ этэ.
2019 сыллаахха эдэр интэллигиэннэр, артыыстар, режиссердар, Мария Турантаева салайааччылаах «Алампа» уопсастыбаннай тэрилтэни тэрийбиттэрэ. «Биһиги уопсастыбаннай бириэмийэни олохтуоҕуҥ уонна Саха сиригэр, саха норуотугар Алампа аатын төнүннэриэҕиҥ, Алампа кэриэһин толороммут, литературабыт, тыйаатырбыт сайдыытыгар бастыҥ дьоннору ааттаатахпытына, кинилэр угуйар сулус буолуохтара, саҥа саҕахтар арыллыахтара», – диэн санааттан бириэмийэ олохтоммута.
@arhiv_nvk_sakha