✅Нолуок кээмэйин намтааһына урбаан сайдыытыгар төһүү күүс буолуоҕа
Ол курдук, бүгүн, Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн Саха сиригэр дьоҕус уонна орто урбаан өйөбүлүгэр нолуок кээмэйин намтатар туһунан сокуону ылыннылар.
2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн нолуок саҥа ыстаапката олоххо киириэҕэ: «доходы» нолуоктааһын эбийиэгэр 4% уонна «доходы минус расходы» эбийиэгэр 10%. Бу ыстаапка биэс сыл иһигэр баар буолуоҕа, ол аата 2029 сыл бүтүөр диэри.
«Нолуок кээмэйин намтатыы туһунан боппуруоһу Ил Дархан иһинэн үлэлиир Урбаан Координационнай сүбэтигэр көтөхпүттэрэ. Балаҕан ыйыгар Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ урбаанньыттарын көҕүлээһинин өйүүр туһунан соруйбута. Маннык дьаһаныы дьоҕус уонна орто урбаан көдьүүстээхтик сайдарыгар кыах биэриэҕэ», — диэтэ Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Семенов.
@nvk_sakha