🏃♂️➡️ Дьокуускай куорат саха оскуолаларын «Күн» диэн общественнай хамсааһын тэрээһинигэр, дьарык быыһыгар көхтөөх оҕолору кытта көрүстүм.
Кэпсэтии сүрүннээн төрөөбүт тылга, дойдуга тапталлаах сыһыаны үөскэтии, өйдөтүү тула барда. Эдэрдии эрчимнээхтик, бэһиэлэйдик ааста, үөрэнээччилэр олус көхтөөхтөр диэн бэлиэтии көрдүм. Боппуростара элбэх. Холобур, уолгун эдэр аҕа быһыытынан хайдах иитэҕин диэн ыйыттылар. Ону мин эппиэтим боростуой буолан биэрдэ: бэйэм холобурбунан, ол эбэтэр күннээҕи олоххо-дьаһахха туттуу-хаптыы, быһыы-майгы киһини ордук көрдөрөр, итэҕэтиилээх буолар. Оҕо ону көрө-истэ сылдьар.
***
👀 Учащиеся городских школ Якутска, а именно организация «Күн», пригласили пообщаться с активной якутской молодежью. Совпал график, поэтому удалось вспомнить школьные годы, выступить с короткой речью и ответить на многочисленные вопросы школьников. Разговор в основном шел вокруг любви к родному: языку, родине. Поддерживаю ребят в желании встречаться, общаться в офлайне. Успехов в движении вперед!